23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саха сиригэр билиҥҥитэ 84 тыһыынча киһи быыбарга кытынна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр быыбар бастакы күнүн 15:00 чаастааҕы туругунан, 84 тыһыынча киһи куоластаабыта биллэр. Бу быыбардааччы уопсай ахсааныттан 12,46%-а буолар. Бу туһунан Киин быыбардыыр хамыыһыйа иһитиннэрэр.

Бастыҥ көрдөрүүлээх оройуоннар:

— Анаабыр — 45,6%;

— Өлөөн — 38,6%;

— Үөһээ Бүлүү — 29,8%;

— Дьааҥы — 29,07%;

— Горнай — 28,08%.

Саха сиригэр 805 учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа үлэлиир. Үс күн устата Саха сирин олохтоохторо СӨ баһылыгын уонна сэттис ыҥырыылаах мунньах норуодунай дьокутааттарын талыахтара. Итиэннэ муниципальнай таһымнаах 85 быыбардыыр хампаанньа үлэлиир.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар