2024 сыл саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр биир кэлим босуобуйа 44238 оҕо төрөппүтүгэр уонна 876 хат дьахтарга төлөннө, уопсай суумата иккиттэн тахса миллиард солк. Ол туһунан Россия социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаатын управлениетын начальнига Сардаана Ефимова эттэ, суруйар ЯСИА.
«Биир кэлим босуобуйа 50, 75 эбэтэр 100% регион үлэлиир киһитин уонна оҕо тиийинэн олоруутун кээмэйиттэн ааҕыллар. Дохуот уонна ыал баайа-дуола учуоттанар, төрөппүт үлэтэ уонна эбэтэр тоҕо үлэлээбэккэ олороро быһаарыллар. Россия гражданина буолуохтаах уонна кини территориятыгар олоруохтаах », — диэтэ Ефимова.
Кини этэринэн, төлөбүрү ылыыга сайабылыанньаны электроннай көрүҥүнэн Госуслуги порталга ыытыллар эбэтэр Социальнай пуонда отделениеларыгар тус аҕалан бэриллэр.
This post was published on 27.03.2024 11:32 11:32