Саха сиригэр биэс сыл иһигэр 96 хочуолунай тутуллан үлэҕэ киирдэ

Кэнники биэс сылга Саха сиригэр 96 хочуолунай тутуллан үлэҕэ киирдэ, онтон алта эбийиэк 2023 сылга үлэҕэ киириэҕэ. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Ол курдук, саҥа хочуолунайдары быйыл Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бөкөтүгэр уонна Суолатыгар, Таатта Боробулугар уонна Чычымаҕар, Таатта, Чурапчы Чакырыгар уонна Амма Абаҕатыгар тутуохтара. Эбийиэктэри «Фонд развития территорий» бырагыраама чэрчитинэн үлэҕэ киллэриэхтэрэ.

Билиҥҥи кэмҥэ, бырайыак докумуонун, сметатын оҥоруу, техническэй быһаарыыларга сөбүлэһии түһэрсии, инженернэй чинчийиилэри ыытыы, ону тэҥэ сүрүн оборудованиены хомуйуу үлэтэ бара турара бэлиэтэнэр.

This post was published on 30.10.2023 14:03 14:03