Саха сиригэр бэс ыйыгар икки кылгас үлэ нэдиэлэтэ баар

Саха сирин олохтоохторун икки кылгас үлэ нэдиэлэтэ күүтэр. Бэс ыйын 12 күнүгэр — Россия күнэ, бэс ыйын 21 күнэ — Ыһыах. 

Россия күнүн өрөбүллэрэ — бэс ыйын 11 — 13 күннэрэ. Өрөбүллэр — субуотаттан бэнидиэнньиги хабан туран биллэриллэллэр.

Бэс ыйын 21 күнүгэр ыытыллар Ыһыах күнүгэр Саха сирин судаарыстыбаннай былааһын уонна судаарыстыбаннай тэрилтэлэрин үлэһиттэригэр үлэлээбэт күнүнэн биллэриллэр.

Федеральнайдааҕы толорор былаас уонна кинилэр территориальнай уоргаттара, олохтоох салайыныы уоргаттара, атын бас билиилээх тэрилтэлэр бэс ыйын 21 күнүгэр «өрөбүллэрин» бэйэлэрэ быһаарыналлар.

This post was published on 09.06.2022 11:01 11:01