Тохсунньу 26 күнүгэр илин, соҕуруу уонна киин улуустарга кыра хаар сабаҕаланар. Уус-Маайа уонна Өймөкөөн оройуоннарыгар хаар ортотук түһүөҕэ. Бэнидиэнньиккэ күн-дьыл туһунан ЯУГМС саайта суруйда.
Арктика кытылыгар сорох сирдэринэн тыал күүһүрэр кэмигэр 14 м/с тиийиэҕэ. Арыыларга 17-22 м/с дылы түргэннээх тыал уонна буурҕа.
Халлаан температурата түүн киин улуустарга -33… -38°, арыллар кэмигэр -38… -43°, соҕуруулуу-илин -28… -33°, Халымаҕа -17… -22°, Аллараа Халыма оройуонугар -9… -14°, арҕаа -40… -45°, хотугулуу-арҕаа намыһах сирдэргэ -46 … -51°.
Күнүс киин улуустарга -29… -34°, соҕуруулуу-илин -24… -29°, Халыма -14… -19°, Аллараа Халыма оройуонугар -3… -8°, арҕаа -32… -37°, хотугулуу-арҕаа намыһах сирдэринэн -43 … -48°.
Дьокуускайга сөҥүү суох, хотугулуу-арҕаа тыал 2-6 м / с. Түүнүн -33… -35° эбит буоллаҕына, күнүс -31… -33°.





