Саха сиригэр V өрөспүүбүлэкээтэҕи «Учитель – профессия мужская» куонкурус буолла. Манна педагог эр дьоҥҥо идэлэригэр уонна айар талааннарыгар анаммыт түһүмэхтэрдээх бэйэлэрин ситиһиилэрин кэпсиир, уопуттарын атастаһар күрэхтэһии буолла.
Куонкуруска 15 оройуонтан 20 учуутал кытынна. Бастакы күн уруок ыыттылар, маастар-кылаас көрдөрдүлэр. Иккис күн настаабынньыктарын кытта «Методический лайфхак «Как достичь цели: конструктор успеха» бырайыак оҥорон көмүскээтилэр, «Творческая самопрезентация» түһүмэххэ кытыннылар уонна оҕону иитиигэ эр киһи, аҕа оруолун тиэмэтигэр кэпсэттилэр.
«Учитель – профессия мужская» муҥутуур кыайыылааҕынан уонна 50 тыһ солк наҕараадаланна Н.С. Степанов аатынан 3№-дээх Бүлүү орто оскуолатын театральнай искусство учуутала Василий Николаев ааттанна.
Лауреаттарынан: бастакыны уонна 20 тыһ солк бириэмийэни Кэбээйи улууһун Баҕадьа сүрүн оскуолатын начаалынай кылааһын учуутала Айаал Саввинов, иккиһи уонна 15 тыһ солк бириэмийэни Бүлүү улууһун П.И. Быканов аатынан Халбаакы орто оскуолатын физкультураҕа учуутала Дархан Кононов, үсүһү уонна 12 тыһ солк наҕарааданы Д.С. Спиридонов аатынан 4 №-дээх Үөһээ Бүлүүтээҕи орто оскуола физкультураҕа учуутала Василий Иванов ыллылар.
Барыта тоҕус номинация туттарылынна: «Сформированность аналитических и мыслительных компетенций», «Креативность, интеллект, талант», «Учитель-эрудит», «Творческий подход, профессионализм», «Дебют года», «Наставник года», «Учитель-исследователь», «Педагогические надежды», «Учитель ученических признаний». Аат ылбыттар 7-лии тыһ солк бириэмийэлэри туттулар. Маны сэргэ, анал стипендиялар, бириистэр бэрилиннилэр, суруйар Бүлүүтээҕи үөрэх управлениета.
This post was published on 28.02.2023 14:01 14:01