Дьокуускай олохтооҕо ыаллыы олорор дьонугар түүҥҥү чуумпуну кэспитин иһин 20 тыһыынча солкуобайы төлүөҕэ. Суут 22-00 чаас кэннэ айдаарбыттарын иһин моральнай хоромньуну төлөппүтэ, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы түгэн диэн СИА-ҕа киин куорат мэриятын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Эр киһи кыбартыыратын араас хампаанньаларга арендаҕа биэрэ сылдьыбыт. Ыаллыы кыбартыыра олохтооҕо түүҥҥү айдааны тулуйа сатаан баран, суукка биэрбит. Бэс ыйын 7 күнүгэр Дьокуускай куорат суута кыбартыыра хаһаайыныттан 20 тыһыынча солкуобай моральнай хоромньуну төлөтөргө уураах таһаарда.
Дьокуускай куорат административнай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Феликс Антонов иһитиннэрбитинэн, боротокуолу Губинскай уокурук управатын юриһа Туйаара Николаева оҥордо, кэлин суут уурааҕын өйөөтө.
«Бастаан бас билээччи 5 тыһыынча солкуобайга ыстарааптанна, оттон билигин эбии 20 тыһыынча солкуобайга ыстарааптанна. Бу биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр чуумпуну кэһии иһинморальнай хоромньуну бастактытын көрдөөтүлэр», — диэн Феликс Антонов бэлиэтээтэ.
Санатан эттэххэ, бэнидиэнньик күн киэһэ 21 чаастан 8 чааска диэри, өрөбүл күннэргэ 22 чаастан 10 чааска диэри (субуотаҕа, өрөбүлгэ) чуумпуну уонна сынньалаҥы кэһии көҥүллэммэт. Гражданнарга ыстараап санкцията 1 тыһыынчаттан 5 тыһыынчаҕа диэри; дуоһунастаах дьоҥҥо — 10 тыһыынчаттан 50 тыһыынчаҕа диэри; юридическай сирэйгэ — 50 тыһыынчаттан 250 тыһыынчаҕа диэри.
This post was published on 08.06.2022 18:01 18:01