СЗ «А112» дьиэ тутааччы Сбербаан саҥа сервиһынан бастакынан тутунна. Тэрилтэ тэйиччиттэн олорон ипотека докумуонун оҥордо. «Золотой час» комплекска Амма олохтооҕор анаан кыбартыыра атыыласта.
Андрей Елистратов, Сбербаан Саха сиринээҕи салаатын управляющайын солбуйааччыта: «Эрдэ хамсаабат баайы-дуолу атыылаһыыга бааҥҥа биирдэ кэлэ сылдьыы ирдэнэрэ — докумуоҥҥа илии баттыы. Билигин ипотеканы оҥорторуу, дьиэни талыы, докумуоҥҥа илии баттааһына, бэйэ бас билиигэ регистрацияланыы, төлөһүү бааҥҥа кэлиитэ суох оҥоһуллар буолла. Бу түргэн, табыгастаах уонна куттала суох өҥө Саха сирин ыраах суола-ииһэ суох нэһилиэнньэлээх пууннарыгар олорооччуларга уонна уонна суол-иис хаалар кэмигэр олус табыгастаах».
Мария Степанова, СЗ «А112» тэрилтэ атыыга отделын начаалынньыга: «Домклик сервистара тупсарыллаллар. Бастакы онлайн-ипотеканы оҥоруу муус устар бүтүүтэ буолла. Амма улууһуттан ипотеканы тэйиччиттэн оҥордулар».
This post was published on 06.05.2024 11:05 11:05