Саха сиригэр бастакы ойуур баһаардара бэлиэтэннилэр

«Авиалесоохрана» тэрилтэ иһитиннэрбитинэн, ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр үс уот баара билиннэ: Уус Алдан, Хаҥалас оройуоннарыгар уонна Дьокуускайга. Уопсай иэнэ 10 гектар, ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата суруйар.


Биэдэмистибэ сүрүн күүһэ нэһилиэнньэлээх пууннары быыһааһыҥҥа ууруллар, итиэннэ баһаары умуруорууга күүһү, кыаҕы, сириэстибэни хайысхалааһыҥҥа туһуланар. Ойуур баһаарын умулуннарыыга 39 киһи уонна 4 техника үлэлээтэ.

«Соруктах үлэ толорулунна. Баһаарынай охрана тэрилтэлэринэн туруоруллубут сыал оҥоһулунна, миэрэлэр ылылыннылар. Нэһилиэнньэҕэ уонна экономика эбийиэктэригэр куттал суоһаабат», — диэтэ Павел Гарин, өрөспүүбүлүкэ сүрүн управлениетын начаалынньыга.

This post was published on 18.05.2020 10:01 10:01