2022 сыл саҕаланыаҕыттан гаастааһыҥҥа 150 тыһыынча солкуобайдаах субсидиянан Саха сиригэр 1,5 тыһыынча кэриҥэ ыал туһанна. Чэпчэтиинэн кыаммат, элбэх оҕолоох, быстах байыаннай хомуурга барбыт аҕалардаах ыаллар туһаннылар диэн, СИА-ҕа өрөспүүбүлүкэ бырамыысаланнаска уонна геологияҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Харчыны гааһы учаастак иһигэр киллэрэргэ биэрэллэр. Регион баһылыга Айсен Николаев көҕүлээһининэн, быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыт байыаннайдар дьиэ кэргэтэригэр дохуотуттан тутулуга суох субсидияны биэрэллэр.
Ититии боппуруоһун икки судаарыстыбыннай бырагыраама көмөтүнэн быһаарыахха сөп. Биир бырагыраама киин ититииттэн гааска көһөн, оһох билиитэтигэр дылы тардалларыгар 75 %- нын толуйар, атына регион кыра дохуоттаах ыалыгар гааһы учаастакка киллэрэригэр көмөлөһөр.
Саамай элбэх сайаапкалар Чурапчы, Горнай, Бүлүү, Мэҥэ-Хаҥалас уонна Дьокуускай куораттарыттан киирэллэр. Санатан эттэххэ, Саха сирэ 2022 сылга социальнай гаастааһын бырагырааматын сыллааҕы көрдөрүүтүн 100% толорбута. Билигин 2100-тэн тахса ыалга гаас киирдэ, былаан быһыытынан бу сыыппара 2041 тэҥнэһиэхтээх этэ.
This post was published on 24.11.2022 14:05 14:05