Саха сиригэр баар ойуур баһаара барыта бохсулунна

Хаартыска: ЯСИА саайта

Ааспыт сууккаҕа икки ойуур баһаара бохсулунна, уопсай иэнэ үс тыһыынча гектартан тахса уонна биир ландшафтнай, иэнэ 11 га.

Оһуобай баһаары утары эрэсииим Дьааҥыга, Уус Алдаҥҥа, Эбээн Бытантайга уонна Жатайга биллэриллибитэ.

УГМС иһитиннэрэринэн, бэс ыйын 4 күнүгэр Орто Халыма оройуонугар ойуур баһаарын куттала үрдүк IV кылаас биллэрилиннэ. Бэс ыйын 5 — 6 күннэригэр маннык эрэһиим Уус Майа улууһугар күүтүллэр.

This post was published on 05.06.2025 10:33 10:33