Наука Россиятааҕы академията «Чистая Арктика – Восток – 77» экспедициятын түмүгүнэн ТАСС-ка пресс-конференция буолла. Учуонайдар иһитиннэрбиттэринэн, үлэ Саха сиригэр саҕаланна. Ханнык үлэлэр ыытыллалларын ЯСИА-ҕа кэпсээтилэр.
««Безопасность человека в Арктике» биир кэлим чинчийиини сурулалыыстар сөбүлүүллэр. Бу дьаһал чэрчитинэн, нэһилиэнньэлээх пууҥҥа чугаһаабыт кыылы видеофиксация нөҥүө билэр методологическай төрүт оҥоһуллар», — диэтэ экспедиция сыыппараҕа штабын начаалынньыга Андрей Иголкин.
Эксперт эппитинэн, искусственнай өй көмөтүнэн видеофиксация оҥоһуллар тэрилин маассабай оҥоруу саҕаланнаҕына, муниципалитеттар бэйэлэригэр атыылаһан туттар кыахтаныахтара. «Биири чуолкайдык этэбин — уон сылынан сэрэхтээх сиэмэх кыыллар уонна үөр ханна сылдьалларын исписэлиистэр билэн олоруохтара. Саамай сэрэхтээх сирдэргэ кыыллар дьону кытта алтыһыыларын аҕыйатыыга миэрэлэр ылыллыахтара. Саамай сэрэхтээх кыыллар сыыпаранан кличкалаах буолуохтара. Бытыктарынан, ытыстарынан, кутуруктарынан кинилэри искусственнай өй быһаарыаҕа», — диэтэ Андрей Иголкин.
Сиһилии: https://ysia.ru/yakutskih-medvedej-i-volkov-iskusstvennyj-intellekt-budet-znat-v-litso/
This post was published on 22.04.2024 12:01 12:01