Саха сиригэр баһаар түбэлтэтэ гаражтарга бэлиэтэнэрэ элбээтэ

Саха сиригэр гаражтарга баһаар буолара элбээтэ, аҥардас ааспыт эрэ нэдиэлэҕэ гаражка аҕыс баһаар түбэлтэтэ бэлиэтэннэ, диэн Саха сиринээҕи ЫБМ иһитиннэрэр.

Ол курдук, алтынньы 4 күнүгэр Уус Алдан Бороҕонугар массыыналаах гараж умайбыта. Баһаарынайдар икки ыаллыы турар тутууну быыһаабыттара. Алтынньы 6 күнүгэр Горнай оройуон Бэрдьигэстээҕэр чааһынай гараж умайда. Алтынньы 10 күнүгэр Дьокуускайга Билибина уонна Я. Потапов уулуссаларыгар икки гараж умайбыта бэлиэтэннэ.

2023 сыл саҕаланыаҕыттан гаражтарга 170 баһаар бэлиэтэннэ.

This post was published on 11.10.2023 12:13 12:13