Саха сиригэр баһаар буолар кутталын сезона ыам ыйын 16 күнүттэн Амма, Горнай, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар, Өлүөхүмэ, Кэбээйи, Таатта, Чурапчы уонна Уус Майа оройуоттарыгар биллэриллибитэ.
Бирикээскэ экология миниистирин э.т. Евгений Перфильев илии баттаата. Ол туһунан регион сүрүн пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Онон, бүгүҥҥү туругунан, 16 муниципальнай тэриллиигэ туһааннаах балаһыанньа биллэриллэн турар. Эрдэ Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Уус Алдан, Хаҥалас улуустарыгар, Дьокуускайга биллэриллибитэ.
Тэрилтэлэр, сулууспалар тохтоло суох үлэлэри хааччыйаллар.
Бүтэһик дааннайынан, Саха сиригэр ойуур уота суох — өрөбүллэргэ биэс баара бохсуллубута. Үксэ арыыларга бааллара. Нэһилиэнньэлээх пууннарга, эбийиэктэргэ куттал суоһаабата. Бары баһаар туруута уоту кытта сэрэҕэ суохтук туттууттан уонна өртөөһүнтэн таҕыста.
This post was published on 17.05.2023 10:01 10:01