Саха сиригэр бүгүн ардах, сорох сиринэн инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр

Хаартыска: Мария Васильева/ЯСИА

Саха сиригэр бүгүн, балаҕан ыйын 12 күнүгэр, үгүс оройуоннарынан ардах уонна ардыгар инчэҕэй хаар түһэрэ сабаҕаланар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ соҕуруулуу-илин, илин өттүгэр кыралаан ардыыр, хайалаах сирдэринэг инчэҕэй хаар түһүөҕэ, киин улуустарга ардыыр, күнүс хотугулуу-арҕаа инчэҕэй хаардаах ардах түһэрэ күүтүллэр. Кыра тыаллаах, киин улуустарга сөкүүндэҕэ 15-18 м түргэннээх күүстээх тыал түһэрэ сабаҕаланар. Оттон хотугулуу-арҕаа, Өлүөнэ өрүс алын тардыытынан, соҕуруу улуустарынан сөкүүндэҕэ 15-20 м түргэннээх тыалырыа, Анаабырга, Булуҥҥа сөкүүндэҕэ 19-24 м түргэннээх дохсун тыал түһэрэ күүтүллэр.

Салгын температурата Саха сиригэр түүн +1+6°С, былыта суох буоллаҕына -3°С кыраадыс диэри тымныйар, хотугулуу-илин 0,-5°С кыраадыс тымныйар. Күнүс салгын температурата +7+12°С, сөҥүүлээх буоллаҕынан +2+7°С кыраадыс сылаас.

Дьокуускайга салгын температурата түүн +5+7°С, күнүс +10+12°С кыраадыс сылаас.Түүн ардыыр, күнүс сөҥүүтэ суох, хотугулуу-арҕааттан 4-9 м. түргэннээх тыаллах, түүн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх тыалырыа, күнүс сөкүүндэҕэ 15-18 м. күүстээх тыал түһүө.

Саха сирэ

This post was published on 12.09.2024 10:06 10:06