Бүгүн, кулун тутар 13 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -2 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр, суруйда Саха сирэ саайт.
Саха сирин арҕаа өттүгэр сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт. Онтон атын сирдэргэ кыралаан хаардыаҕа, Нерюнгри оройуонугар сорох сирдэринэн хаар хойуутук түһэрэ күүтүллэр.
Анаабыр, Булуҥ улуустарыгар сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
Күнүс салгын температурата -12-17°, арҕаа сорох сирдэринэн -18-23°, хотугулуу-арҕаа -23-28, илин эҥээргэ -7-12°, соҕуруулуу-илин, соҕуруу -2-7°.





