Саха сиригэр Авиалесоохрана үбүлээһинигэр эбии 300-400 мөлүйүөн солкуобай наада

НВК САХА – Өрөспүүбүлүкэҕэ Авиалесоохрананы үбүлээһини 200 мөлүйүөнтэн 500-600 мөлүйүөн солкуобайга диэри үрдэтиэххэ наада. Бу туһунан Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Илиҥҥи форум кэмигэр эттэ.


«Биһиги сүрүн кыһалҕалаах боппуруоспут Авиалесоохранаҕа үбүлээһин тиийбэтэ буолар. Кураанах этиҥнээх ардахтар кэннилэриттэн тахсар ойуур баһаардарын, уот ылбыт сирин уопсай иэнэ улаата илигинэ суукка иһигэр суһаллык сатаан умуруорар кыахпыт суох. Билиҥҥи туругунан, ойуур баһаарын кытары охсуһууга сылга 200 мөлүйүөн солкуобай көрүллэр. Биһиги суоттааһыммытынан үбүлээһин 500-600 мөллүйүөн солкуобайга тэҥнэһиэн наада», — диир Ил Дархан.

Источник: http://nvk-online.ru

This post was published on 05.09.2019 10:04 10:04