2022 сыл түмүгүнэн Саха сиригэр биирдиилээн атыылааһын уонна уопсастыбаннай аһылык иэнэ 345 млрд солк тэҥ. 12 тыһыынча предприниматель атыы-эргиэн эйгэтигэр үлэлиир.
Ол туһунан предпринимательство миниистирэ Тимур Ханды эттэ. «Атыы-эргиэн эйгэтэ региоҥҥа, бары көрүҥү холбоотоххо, 30% ылар. Күн бүгүн бу эйгэҕэ 12 тыһыынча предприниматель үлэлиир. Министиэристибэ өттүттэн өйүүр миэрэлэр оҥоһуллаллар. Холобур, ааспыт сылтан Саха сирин территориятыгар чэпчэтиилээх бырагыраамалар бааллар, балар предпринимательство сайдыытын Пуондатынан оҥоһуллубуттара. Маны сэргэ «Алмазэргиэнбанк» чэпчэтиилээх кирэдьиит биэрэр, бөдөҥ предпринимателлэр 5 мөл солк диэри ылыахтарын сөп», — диэтэ миниистир.
Тимур Ханды эппитинэн, бу миэрэлэр Саха сиригэр сөптөөх сыананы туппуттара. «Уһук Илин атын регионнарын кытта тэҥнээтэххэ, сыана үрдээһинэ саамай намыһах биһиэхэ этэ — 8%. Онон былырыын биирдиилээн атыылааччылар үчүгэй өйөбүл ылан, онно сөптөөх эргиири көрдөрдүлэр. Уопсастыбаннай аһылыкка эргиир улаатар, быйыл бу хайысхаҕа туспа бырагыраамалар үлэлиэхтэрэ», —диэтэ кини.
This post was published on 26.05.2023 14:01 14:01