Саха сиригэр астаах-үөллээх 400 вагон тимир суолунан айаннаан иһэр

DCIM100MEDIADJI_0956.JPG

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров ылыллыбыт ас-үөл тимир суолунан кыһыҥҥы суол сабылла илигинэ кэлэрин мунньахха иһитиннэрдэ. СИА регион сүрүн пресс-сулууспатыгар сигэнэ суруйда.

Ас-үөл тиэллэн кэллэҕинэ, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун сүрүн аһынан толору хааччыллар кыах баар буолар. Кытыы сытар сирдэргэ эмиэ тириэрдиллэҕэ.

Тимир суолунан билигин 1524 вагон өрөспүүбүлүкэ туһанарыгар тиэллэн иһэр. Онтон Аллараа Бэстээх ыстаансыйатыгар 772 вагон тиксиэхтээх, ол иһигэр 400 вагона — ас-үөл.
«Госкомцен» тэрилтэ иһитиннэрбитинэн, сыана үрдээһинэ хонтуруолланар, «горячай линияҕа» төлөпүөн киириитэ аҕыйаата.

This post was published on 06.04.2022 17:01 17:01