Саха сиригэр арыгыттан сылтаан өлүү аҕыйаата

2017 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 287 киһи арыгыттан сылтаан суорума суолланна. Ити 2016 сылы кытары тэҥнээтэххэ, 20%-нан намыһах.


Дьокуускай куоракка эмиэ өлүү намтаан иһэрэ бэлиэтэнэр. Былырыын 87 киһи, 2016 сылга 78 киһи арыгыттан сылтаан өлбүт. Бу сыыппараҕа сүрүннээн арыгыттан сүһүрүүттэн, алкогольнай кардиомиопатияттан уонна быар ыарыытыттан сылтаан өлүү киирэр. Арыгыны өр истэххэ, бастатан туран, сүрэх уонна быар тулуйбаттар.

Былырыын саамай элбэх киһи Алдан оройуонугар (26 киһи), Ленскэйгэ (21 киһи), Хаҥалас улууһугар (18 киһи) суорума суолламмыт.

Оттон Үөһээ Халыма, Мэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Уус Алдан улуустарыгар арыгыттан сылтаан өлүү биллэ намтаабыт диэн СӨ Арыгы атыытын хонтуруоллааһыҥҥа, лицензиялааһыҥҥа управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

This post was published on 02.02.2018 10:20 10:20