Саха сиригэр арыгыны иһии Россия орто көрдөрүүтүттэн кыра

Мария Васильева, ЯСИА

Саха сирин олохтоохторо, дойду үрдүнэн тэҥнээтэххэ, арыгыны иһиилэрэ кыра. Биирдиилээн атыыланар испиирдээх бородууксуйаны атыылаһыы көрдөрөрүнэн, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ Уһук Илин 11 регионуттан 9-с миэстэҕэ турар.

Ол туһунан Росстат отчуотугар суруллар, ЕМИСС сайтыгар таҕыста.

2022 сыллаахха биирдиилээн атыыланар испиирдээх бородууксуйа нэһилиэнньэ дууһатыгар 6,1 литр ыраас 100-бырыһыаннаах испиир тиксэр. Бу Саха сиригэр биир сылга биир киһиэхэ тиксэр орто көрдөрүү.

Уһук Илиҥҥэ саамай элбэх көрдөрүү Сахалиҥҥа — 11,7 литр, Магадаҥҥа уонна Камчаткаҕа — 10,5 литрэлии. Россияҕа лидерынан Карелия буолла — 11,9 литр. Саамай кыра көрдөрүүлээх Чечня (0,13 литр) уонна Ингушетия (0,25 литр).

Орто көрдөрүү дойду үрдүнэн — 6,4 литр биир киһиэхэ.

This post was published on 07.02.2023 17:32 17:32