Ойуурга баһаар турар куттала улааппытынан, маннык самолетунан ардаҕы түһэрэн уоту умуруорууга туһаныахтара.
Быйыл сайын эмиэ кураан дьыл буолара сабаҕаланарынан, ойуурга баһаар турар куттала улахан. Онон маннык ньыманан ардаҕы түһэрэн уоту умуруорууга туһаныахтара. Бу самолет өрөспүүбүлүкэ арҕаа уонна киин өттүгэр үлэлиэҕэ. Ил Дархан Айсен Николаев билиһиннэрбитинэн, көтөр аал Дьокуускай аэропордугар баазаланан, ыам уонна бэс ыйдарыгар үлэлиэҕэ. Бу туһунан Якутия-daily иһитиннэрэр.
Маны таһынан, сотору кэминэн Дьокуускайга Ан-30 самолет кэлэрэ күүтүллэр. “Маннык самолет Як-42 самолеттан уратыта диэн – көнө, дэхси сиргэ түһэр кыахтаах. Онон маннык көтөр аал киин, ону таһынан арктика улуустарын территорияларыгар уоту умуруорууга үлэлиэ”, — диэн бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников эттэ.
This post was published on 13.05.2022 18:01 18:01