Саха сиригэр аракыата тобохторо түһүөхтэрэ

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Тохсунньу 28 күнүгэр олохтоох бириэмэнэн киэһэ 22:18 чааска «Восточнай» судаарыстыбаннай космодромтан «Союз-2.1б» аракыатаны көтүтүү былааннанар, суруйар Саха сирэ саайт.

Аракыатаны көтүтүү былаанынан, тобохторо Саха сирин сорох улуустарыгар түһүөхтэрэ. Куттал суох буолуутун  хааччыйар сыалтан улуустар кэтээн көрүү эрэсииминэн үлэлиэхтэрэ:

  • Алдан улууһа;
  • Өлүөхүмэ улууһа;
  • Бүлүү улууһа;
  • Үөһээ Бүлүү улууһа.

СӨ Нэһилиэнньэтин олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйар  министиэристибэтэ аракыата көтүтэр күнүгэр тобохторо түһэр сабаҕаланар улуустарынан булчуттары, табаһыттары уонна балыксыттары тыаҕа тахсалларыттан  туттунарга ыҥырдылар. Ыксаллаах быһыы-майгы түгэнигэр  «112»нүөмэргэ эрийиҥ.

This post was published on 27.01.2026 13:06 13:06