Саха сиригэр анал байыаннай операция кыттыылаахтара тырааныспар нолуогуттан босхолоннулар

Саха сиригэр анал байыаннай операция кыттыылаахтарын тырааныспар нолуогуттан босхолообуттар. Маннык сокуону парламент сэтинньи 30 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ баһылыгын этиитинэн ылынна, диэн СИА кэпсиир.

Тырааныспар нолуолгун төлөбүрүттэн быстах байыаннай хомуурга түбэспиттэр, ону таһынан атын да байыаннай операция кыттыылаахтара босхолоннулар. Онуоха байыаннай хомуурга түбэспит дьон нолуок уорганнарыгар докумуоннары биэрэллэрэ наадата суох.

Анал байыаннай операция кыттыылаахтара бу чэпчэтиинэн биир эрэ тырааныспарга туһанар бырааптаахтар.

This post was published on 30.11.2022 17:05 17:05