Саха сиригэр «Анаабыр» массыына суолугар кыһыҥҥы суол арылынна

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиринээҕи суол управлениетын бирикээһинэн Анаабыр оройуонугар “Анаабыр” суолун Эбэлээх – Сааскылаах кыһыҥҥы суолга тырааныспар сырыыта көҥүллэннэ.

Айан сэтинньи 25 күнүгэр 5 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах транспорга, таһаҕаһы хонтуруоллуур бэрэбиэркэ актатыгар олоҕуран, аһылынна.

This post was published on 26.11.2025 10:31 10:31