Саха сиригэр Ан-2 сөмөлүөт радартан сүттэ. Көрдөөһүҥҥэ авиация турунна, ЫБММ регионнааҕы пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Холуобунай дьыала тэрилиннэ.
Сөмөлүөт бэс ыйын 21 күнүгэр 6:30 чааска Үс Хатыҥ — «Вертикальнай» (Кэбээйи улууһа) — Үс Хатыҥ хайысханан көттө.
9:00 чааска «Вертикальнай» былаһааккатыгар олоруохтааҕа, ити эрээри бириэмэтигэр тиийбэтэх, радартан сүппүт.
Бортка, барыллаан биллэриинэн, үс киһи баар: экипаж икки чилиэнэ уонна пассажир, диэн ЫБММ регионнааҕы пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Биир туонна таһаҕас тиэйиилээҕэ биллэр.
СИА-ҕа «Полярные авиалинии» АХ иһитиннэрбитнэн, көрдөөһүҥҥэ 12:56 чааска Ан-26 үс быыһааччылаах көппүт.
Силиэстийэлиир уорганнарынан Саха сиригэр сөмөлүөт радартан сүппүтүнэн холуобунай дьыала тэрилиннэ.
This post was published on 21.06.2022 15:20 15:20