Саха сиригэр айылҕа жимолоһын үөрэтиэхтэрэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр айылҕаҕа үүнэр жимолоһы үөрэтиэхтэрэ. Бу көрүҥ үүнээйи өрөспүүбүлүкэҕэ ситэ үөрэтиллэр илик, оройуоннарынан суорт диэн суох. Ол туһунан М.Г. Сафронов аатынан тыа хаһаайыстыбатын институтун научнай-чинчийэр лабораториятын сэбиэдиссэйэ Валентина Алексеева эттэ.
Бэҕэһээ Н.И. Вавилов аатынан үүнээйигэ Россиятааҕы институт учуонайдарын кытта Саха сирин кыттыгастаах экспедициятын түмүгүнэн пресс-конференция медиа-кииҥҥэ ыытылынна.

Экспедиция кыттыылаахтара өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар сырыттылар, наадалаах матырыйааллары хомуйдулар айылҕа үүнээйилэрин үөрэтиигэ.

«Жимолость үүнээйини чинчийэр сыаллаах экспедиция буолла. Холобур моонньоҕоҥҥо, дьэдьэҥҥэ оройуоннааһын баар эбит буоллаҕына, жимолоска суох. Биһиги онон чуолаан бу үүнээйини үөрэтэн баран, селекциялаан бэйэбит оройуоммут суордун оҥорон таһаарыахтаахпыт», — диэтэ Валентина Алексеева.

Хаартыска: Денис Попов/ЯСИА

«Ирбэт тоҥҥо үүнэр үүнээйилэри чинчийиигэ үһүс сылбытын экспедицияҕа сылдьабыт. Ыччат лабораторията тэрийэр. Элбэх саппаастаах, биллибэтэ наһаа элбэх сири кытта үлэлиирбит олус интэриэһинэй. Экспедицияларга араас култуураны үөрэтэбит», — диэтэ Россия институтун агроботаника отделын старшай научнай сотруднига Галина Таловина.

Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-budut-izuchat-dikorastushhuyu-zhimolost/

This post was published on 16.07.2024 11:22 11:22