11 Атырдьах ыйа 11.08
  • 21°
  • $ 79,78
  • 92,88

Саха сиригэр айылҕа баһаара суох

11:33, 11 августа
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саха сиригэр, уһун бириэмэ кэнниттэн, ойуур баһаара суох. Ааспыт сууккаҕа биир ойуур баһаара Муома оройуонугар умуруорулунна, уопсай иэнэ 863 га. Ол туһунан экология миниистирин солбуйааччыта Андрей Коноплёв эттэ.

Тэҥнээтэххэ, ааспыт сылга бу кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ 81 ойуур баһаара баара, уопсай иэнэ 600 451,8 га.

Сезон саҕаланыаҕыттан 507 ойуур уота умуруорулунна, уопсай иэнэ 191 348,84 га, ол иһигэр ойуур пуондатын сиригэр — 310 умайыы, уопсай иэнэ 159 890,8 га. Ойуурга уот туруутугар барыта 73 буруйдаах билиннэ, кэһиилэр иһин 150 боротокуол оҥоһулунна.

Ойуурга уот баарын биллэххитинэ +7 (4112) 44-74-76 эбэтэр 8 800 100-94-00 эрийиҥ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА