Саха сиригэр айанньыт ахсаана 40% түстэ

Эпидемиологическай балаһыанньанан ылыллыбыт миэрэлэри тутуһан, Саха сиригэр элбэх тырааныспар тэрилтэтэ үлэтин тохтотто. Вице-премьер Ольга Балабкина иһитиннэрбитинэн, пассажирдар ахсааннара икки төгүл түстэ, СИА суруйар.


Дойду үгүс авиахампаанньалара регионнар икки ардыларынааҕы уонна тас дойдуга тахсыыны тохтоттулар.  Аан дойдуга эпидемиологическай балаһыанньа уустугурбутун кытта сибээстээх хааччахтааһыннар Саха сирин эмиэ таарыйдылар.

Ольга Балабкина этэринэн, региоҥҥа айаннньыт ахсаана 40% түстэ. Хонтуруол салгынынан, массыына, тимир суолунан айаҥҥа күүһүрдэ.

Тастан киирбиттэр хайаан да 14 хонуктаах «самоизоляция» эрэһиимин тутуһаллара булгуччулаах. Обсерватордарга кыраныысса таһыттан киирбиттэр уонна тас дойдуттан тутууга кэлээччилэр хайаан да киирэллэр.

This post was published on 15.04.2020 11:04 11:04