Саха сиригэр ахсынньы 31 күнүгэр халлаан туруга

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Бу күннэргэ күн-дьыл хайдаҕый? Төһө тымныйарый? Хаар түһэр дуо? Ол туһунан «Саха сирэ» саайт суруйда.

Өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр сорох сиринэн кыра хаардаах буолуо диэн Дьокуускайдааҕы күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспаттан иһитиннэрэллэр. Киин улуустарга туманнаах. Кыра тыаллаах, Өлүөнэ алын тардыытынан уонна арҕаа диэки сөкүүндэҕэ 9-14 м түргэннээх тыаллаах. Түүн -42-47°, хотугулуу-илин намыһах сиринэн -48-53°, арҕаа -33-38°, сорох сиринэн -25-30°, күнүс -40-45°, намыһах сиринэн -45-50°, хаардаатаҕына -25-30°, сорох сиринэн -15-20°, арҕаа -8-13°.

Дьокуускайга түүн -43-45°, күнүс -41-43°. Туманнаах, кыра тыаллаах.

This post was published on 31.12.2025 08:35 08:35