Саха сиригэр аэропортары тутууга уонна саҥардыыга федеральнай бүддьүөттэн 5,59 млрд солк. тахса сууманы ыытыахтара. Бу тутууга туттуллар матырыйаал сыаната лаппа улааппытын кытта сибээстээх. Атырдьах ыйын 19 күнүгэр Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин маннык уураахха илии баттаата.
Бу үптэн 1655 мөл. солк. Мииринэйгэ аэропорт комплексын тутууга, 738,3 мөл. солк. — Дьокуускайга көтөр- түһэр балаһаны саҥардыыга, 99,3 мөл. солк.- Үрүҥ Хайа аэропордугар, 31,6 мөл. — Бүлүү аэропордугар, 330, 9 мөл. — Өлүөхүмэҕэ, 41,8 мөл. — Сангаарга, 119,1 мөл. – Депутатскайга, 504,7 мөл. – Черскэйгэ, 400,8 мөл. — Уус Ньараҕа, 59,9 мөл. – Хандыгаҕа, уонна 1609, 3 мөл. — Нерюнгрига барыаҕа.
Санатан эттэххэ, Мишустин бэйэтин рабочай сырыытын кэмигэр өрөспүүбүлүкэ тырааныспарга инфраструктуратын тупсарыыга Айсен Николаев этиитин өйөөбүтэ.
This post was published on 22.08.2022 14:11 14:11