Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр уон ойуур баһаарын умуруордулар, уопсай иэнэ 10-тан тахса тыһ гектар.
Уот Дьааҥыга, Эдьигээҥҥэ, Ньурбаҕа, Орто Халымаҕа, Муомаҕа, Томпоҕо, Усуйаанаҕа баара. Ол туһунан экология министиэристибэтэ бүгүн, атырдьах ыйын 4 күнүгэр, эттэ.
Бэнидиэнньик сарсыарда барыта 48 ойуур баһаара баар. 82-тэн тахса тыһыынча гектар ойуур Абый, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Бүлүү, Муома, Ньурба, Аллараа Халыма, Өлүөхүмэ, Орто Халыма, Томпо, Усуйаана уонна Эбээн Бытантай оройуоннарыгар умайар.
Баһаары умуруорууга 262 киһи үлэлиир.
This post was published on 04.08.2025 14:14 14:14