Кэнники сууккаҕа Саха сиригэр 673 киһи коронавируһунан ыарыйда, олортон 469 киһитэ Дьокуускайга, диэн балаҕан ыйын 1 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи оперштаб иһитиннэрэр.
Оройуоннарга саамай элбэх ыарыһахтар -Мииринэйгэ — 29, Мэҥэ-Хаҥаласка — 23, Хаҥаласка-18.
Сууккаҕа сутуллуу 13 түбэлтэтэ Уус-Алдаҥҥа бэлиэтэммит, 12-Сунтаарга, 11 — Алдаҥҥа. Уонунан ыалдьааччы — Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Нам, Ньурба, Чурапчы оройуоннарыгар, сэттэ — Горнайга. Атын оройуоннарга бииртэн биэс түбэлтэҕэ диэри бэлиэтэннэ.
Баһыйар үксэ ыарыыны чэпчэкитик аһардаллар. Ол эрээри ыарахан ыарыһахтар эмиэ бааллар, олор эрдэ вакцина ыла сылдьыбатахтар.
This post was published on 01.09.2022 10:03 10:03