Саха сиригэр ааспыт суукаҕа 15 ойуур баһаара тохтотулунна, 9 бохсулунна. Саҥа 29 булулунна, уопсай иэнэ 204,6 гектар. Биир уот Өлүөхүмэтээҕи айылҕа заповеднигар баар.
Ол туһунан экология миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев брифиҥҥэ эттэ. «Ойуур баһаардара чаҕылхан түспүт улуустарын территориятыгар таҕыста. Нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экономика эбийиэктэригэр куттал суоһаабат. Уоту умуруорууга 737 киһи уонна 38 техника кытынна. Як-40 уонна Ан-26 сөмөлүөт-зондировщиктар көтүүгэ бэлэмнэр. Бэҕэһээ Хаҥалас уонна Алдан улуустарыгар оҥоһулунна», — диэтэ Андрей Коноплев.
15 ойуур баһаара тохтотулунна, уопсай иэн 340,5 гектар Алдан, Эдьигээн, Өймөкөөн, Уус-Майа, Амма, Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба, Томпо, Уус Алдан, Усуйаана оройуоннарыгар. 9 баһаар бохсулунна,уопсай иэнэ 4,7 тыһ гектар Үөһээ Халыма, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Уус-Майа, Чурапчы улуустарыгар.
От ыйын 3 күнүттэн Саха сиригэр ЧС регионнааҕы эрэһиимэ биллэрилиннэ, ойуур баһаардарынан сибээстээн. Онон олохтоохтор ойуурга тахсалларыттан туттуналларыгар этилиннэ.
This post was published on 04.07.2023 11:29 11:29