Атырдьах ыйын 2 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр 198 134 гектар иэннээх сиргэ 95 ойуур баһаара үлэлиир. Ааспыт сууккаҕа 19 баһаары буллулар. Бу туһунан брифинг кэмигэр экология министиэристибэтин ойууру харыстааһыҥҥа уонна оҥорон таһаарыыга департаменын салайааччыта Алексей Гоголев кэпсээтэ.
Билигин 42 баһаары умуруорууга үлэ барар, олортон биэһин тохтоттулар. 8,5 тыһыынча гектар иэннээх сиргэ 20 баһаары умуллардылар. Уоту утары охсуһууга 1 207 киһи уонна 40 тиэхиньикэ үлэлиир.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн региональнай таһымнаах баһаары бохсор режим олохтонно.
This post was published on 02.08.2023 11:06 11:06