«Ааспыт сууккаҕа авиационнай-космическай мониторинг 11 ойуур баһаара баарын булла, уопсай иэнэ 314 га. Ойуур баһаарын утары охсуһааччылар тоҕус уоту тохтоттулар, уопсай иэнэ 116 697 га: икки Алдаҥҥа, биир Дьааҥыга, биир Ленскэйгэ, үс Өлүөхүмэҕэ, биир Уус Майаҕа, биир Томпоҕо.
От ыйын 2 күнүн сарсыардатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 105 умайыы очага баар, уопсай иэнэ 350 670,5 га. Биир ландшафтнай айылҕа баһаара атын категориялар сирдэригэр баар, уот сиэбит иэнэ 3496 га. Бу баһаардар 21 муниципальнай тэриллии территорияларыгар бааллар», — диэтэ Коноплёв.
Умуруорууга 1461 киһи уонна 82 техника кыттар. Сотору кэминэн зондировщик-сөмөлүөттэр көтүөхтэрэ: Ан-26 «Циклон» «Авиалесоохрана» Уус Майаҕа үлэлиэҕэ, Ан-26 «Атмосфера» «Полярнай авиалиниялар» Өлүөхүмэ хоту өттүгэр уонна Горнай чааһыгар.
This post was published on 02.07.2024 13:01 13:01