Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 10 ойуур баһаара булулунна

Хаартыска: ЯСИА саайта

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 10 ойуур баһаара баара булулунна, биэс бохсулунна. Уоту умуруорууга 568 киһи уонна 29 техника кыттыыны ылла. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ сүрүн лесничайа Андрей Коноплев эттэ, суруйар ЯСИА.

Аҕыс ойуур баһаара уопсай иэнэ 99 гектар Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Орто Халыма, Дьааҥы, Нам, Эдьигээн, Нерюнгри улуустарыгар булулунна. Маны сэргэ икки ландшафтнай уопсайа 2 гектар иэҥҥэ Орто Халыма, Үөһээ Халыма оройуоннарыгар баар.

Ааспыт сууккаҕа биэс уот бохсулунна, уопсай иэнэ 949 гектар, Мэҥэ Хаҥаласка, Нерюнгрига, Эбээн Бытантайга уонна биир ландшафтнай Үөһээ Халымаҕа.

This post was published on 07.06.2024 14:01 14:01