От ыйын 17 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ түөрт киһи тимирэн өллө. Трагедия сүрүн биричиинэтинэн дьон ууга сылдьыы быраабылатын аахайбатыттан сылтаан диэххэ сөп. Үксүгэр ЧП дьон итирик туруктаах бобуулаах сирдэргэ сөтүөлүүллэриттэн тахсар, диэн Саха сирин быыһыыр сулууспатыгар биллэрбиттэр.
Быыһааччылар уу таһыгар профилактика үлэтин ыыталлар, хайдах сэрэхтээхтик сылдьар туһунан быһаарыылары, суһал сулууспалар төлөпүөннэригэр тиийэ түҥэтэллэр.
Санатан эттэххэ, соторутааҕыта Сунтаар улууһугар Бүлүү өрүскэ сөтүөлүү сылдьан былдьаммыт 2009 с. т. оҕону булбуттара. Быыһыыр сулууспа оҕону үс күн устата көрдөөбүтэ. Аны бэс ыйын 29 күнүгэр ууга икки эр киһи тимирбиттэрэ: Томмотко Алдан өрүскэ уонна Чульман өрүскэ Нерюнгрига.
Саха сирин быыһыыр сулууспата сэрэтэр: «анал оҥоһуута суох сирдэргэ сөтүөлүүр буоллаххытына, куттал суох буолуутун ким да мэктиэлиир кыаҕа суох.
Билигин Өлүөнэ уонна Өлүөхүмэ өрүстэр үрэхтэригэр ардахтан сылтаан уу таһыма үрдүү турар, уу температурата намыһах, онон сөтүөҕэ анамматах сиргэ ууга киирэр олус сэрэхтээх;
Хайа да түгэҥҥэ арыгы испит туруктаах сылдьан сөтүөлээмэҥ. Оннук турукка киһи кутталлааҕын соуҕун сатаан араарбат, хамсаныытын координацията кэһиллэр. Маны таһынан, куйааска итирик туруктаах, өйдөөх да дьоҥҥо тымныы ууга киирэннэр тымырдара быһа барыан синү;
Биэрэктэн ырааппакка сылдьыҥ, бэйэҕит күүскүтүгэр наһаа эрэнимэҥ. Тоҥон ибигириэххитигэр диэри сөтүөлээмэҥ, маныах иҥииргит тардыан син.
Сөтүөлүү сылдьан ааһан иһэр суудуналарга чугаһаамаҥ, эмискэ дириҥиир эбэтэр билбэт сирдэргитигэр умсумаҥ — маны тутуспатаххытына оһоллонор кутталлааххыт.
This post was published on 18.07.2022 15:05 15:05