Саха сиригэр, бүгүҥҥү күн дааннайынан, 90 тыһыынча туонна сүөһү сиир ото бэлэмнэннэ, бу былаантан 20%. Охсулунна 105 тыһыынча гектар ходуһа. От үлэтин туһунан тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров кэпсээтэ.
Мобильнай биригээдэлэр 650 туонна оту бэлэмнээтилэр.
«Кураан дьыл буолан, сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ уустук балаһыанньа Амма, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Өлүөхүмэ оройуоннарыгар бэлиэтэнэр», – диэтэ миниистир.
Билигин окко 8 тыһыынча тыраахтыр уонна 19 тыһыынча киһи үлэлиир, ол иһигэр 4,5 тыһыынчата механизированнай уонна механизированнай аҥардаах звеноларга.
2024 сылга барыта 435 тыһыынча туонна от бэлэмнэниэхтээх.
This post was published on 31.07.2024 14:29 14:29