Саха сиригэр 9 тыһыынчаттан тахса медицина үлэһитэ анал социальнай төлөбүрү ылла

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр уопсайа 161,4 мөл солк анал социальнай төлөбүрү 9124 медицина үлэһитэ 45 доруобуйа харыстабылын тэрилтэтиттэн ылла. Харчынан өйөбүлү ылааччыларынан бастакы звено, оройуон киин балыыһаларын, суһал көмө сулууспаларын сотрудниктара буолаллар.

Ыйдааҕы төлөбүрү судаарыстыбаннай уонна муниципальнай доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ ылыахтарын сөп. Тэрилтэ булгуччулаах медицина страховкатын бырагырааматын кыттыылааҕа буолара ирдэнэр.

This post was published on 06.11.2024 18:10 18:10