Саха сиригэр уопсайа 161,4 мөл солк анал социальнай төлөбүрү 9124 медицина үлэһитэ 45 доруобуйа харыстабылын тэрилтэтиттэн ылла. Харчынан өйөбүлү ылааччыларынан бастакы звено, оройуон киин балыыһаларын, суһал көмө сулууспаларын сотрудниктара буолаллар.
Ыйдааҕы төлөбүрү судаарыстыбаннай уонна муниципальнай доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ ылыахтарын сөп. Тэрилтэ булгуччулаах медицина страховкатын бырагырааматын кыттыылааҕа буолара ирдэнэр.