Саха сиригэр 793 дьыссаат үлэлиир

Үөрэх министиэристибэтэ ыам ыйын 19 күнүнээҕи үөрэх тэрээһинин туһунан иһитиннэрдэ. Бэҕэһээҥи туругунан 793 дьыссаат үлэлиир.


ОРВИ ыарыынан «Кэскил» дьыссаат Хампаҕа Бүлүү улууһугар сабылынна.

Аҕыс дьыссаакка 10 бөлөх үлэтин тохтотто (Дьокуускайга – 4, Чурапчыга – 4, Амммаҕа – 2).

323 оскуола истэн үөрэнэр, истэн-тастан – 130, тэйиччиттэн – 188.

Икки оскуолаҕа икки кылаас сабылынна, ол иһигэр ОРВИ-лаан – 1 (Өлүөхүмэ улууһа), коронавирус биллэн – 1 (Дьокуускай).

Эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ истэн — 35, истэн-тастан – 54, тэйиччиттэн – 93.

15 орто-профессиональнай үөрэх тэрилтэтэ тэйиччиттэн үөрэнэр, 26 тэрилтэ буккаас. Истэн биир эрэ тэрилтэ үөрэтэр.

Источник: Үөрэх министиэристибэтин пресс-сулууспата

This post was published on 19.05.2021 18:01 18:01