24 Сэтинньи 24.11
  • -27°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саха сиригэр 73 дизельнай электроыстаансыйаны саҥардыахтара

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2024 сыл бүтүөр диэри Саха сиригэр 73 дизельнай электроыстаансыйаны саҥардар сорук турар. Сөбүлэҥ «РусГидро» тэрилтэни кытта түһэрсиллибит.

Докумуоҥҥа олоҕуран дизельнай уонна күн генерациялаах гибриднай электроыстаансыйалар тутуллуохтара. Ол туһунан Айсен Николаев «Российская энергетическая неделя» форумҥа Москваҕа эттэ. Кини иһитиннэрбитинэн, алта маннык хабааннаах ыстаансыйа үлэлии турар уонна уматыкка экономиялаахтарын көрдөрдүлэр.

«Ааспыт сылга Илиҥҥи экономическай форумҥа бастакы маннык ыстаансыйаны олоххо киллэрбиппит — Дьааҥы Табалааҕар. Суоттааһын кэмигэр уматыгы 25% экономиялыыр диэн буолбута, ыстаансыйа сыл устата 50% экономиялаата. Атын эбийиэктэргэ эмиэ экономия баар, былааннаабыппытынааҕар элбэх», — диэтэ Айсен Николаев.

Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 143 автономнай дизельнай электроыстаансыйа үлэлиир. Ыраах сытар улуустары хааччыйаллар.

Региоҥҥа 29 «возобновляемай» энергетикэ эбийиэгэ баар, ол иһигэр 28 күнүнэн туттуллар электроыстаансыйа уонна Тиксиигэ биир тыалынан үлэлиир дизельнай комплекс.

Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-moderniziruyut-73-dizelnye-elektrostantsii/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА