Өрөспүүбүлүкэҕэ биир кэлим эксээмэни 7630 үөрэнээччи туттарарыаҕа, итинтэн 176 доруобуйатынан хааччахтаах оҕо. Эксээмэн тутуутугар барыта 226 пуун үлэлиэҕэ, суруйда Саха сирэ саайт.
Биир кэлим эксээмэн маннык биридимиэттэргэ ыытыллар: нуучча тыла, математика (уустугурдуллубут уонна судургутутуллубут), физика, химия, биология, география, обществознание, устуоруйа, литэрэтиирэ, омук тыллара, информатика.
Нуучча тыла уонна математика аттестат ыларга ирдэниллэрин быһыытынан булгуччулаах биридимэттэринэн буолаллар.
Быйыл 11-с кылааһы бүтэрээччилэртэн элбэх оҕо обществознание биридимиэтин талбыт, ол курдук 2 678 оҕо туттарарын биллэрбит, ити биир кэлим эксээмэн туттарааччы уопсай ахсааныттан 36,9% буолар. Иккис миэстэҕэ уустугурдуллубут математика турар, барыта 2306 оҕо (31,8%) туттарарын биллэрбит. Үһүс миэстэҕэ информатика буолар, 1 392 оҕо (19,2%) туттарыаҕа.
Биир кэлим эксээмэн сүрүн түһүмэҕин иннинээҕи түһүмэх 2024 сыл кулун тутар 22 күнүттэн муус устар 22 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Түөрт эксээмэн тутар пуун үлэлиэҕэ. Сүрүн түһүмэх иннинээҕи түһүмэх үлэтигэр сыһырыллыбыт исписэлиистэр бары “Тестирование федеральнай киинин” платформатыгар онлайн үөрэҕи ааспыттар.
Биир кэлим эксээмэн сүрүн түһүмэҕэ 2024 сыл ыам ыйын 23 күнүттэн от ыйын 1 күнүгэр диэри, эбии түһүмэх балаҕан ыйын 4-23 күннэригэр ыытыллыаҕа.
Тэрийээччилэр иһитиннэрэллэринэн, дойду бэрэсидьиэнин сорудаҕынан сибээстээн уларыйыылар киириэхтэрин сөп. Санатан эттэххэ, РФ Федеральнай Мунньаҕар туһаайыытын чэрчитинэн үрдүк үөрэххэ киириэр диэри оскуоланы бүтэрээччилэр талар биир эксээмэннэрин хаттаан туттаралларын көҥүллүөххэ диэн этии киллэрбитэ. Сиһилии манна ааҕыҥ.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
This post was published on 19.03.2024 10:28 10:28