ЯСИА-ҕа уопсастыбаннай доруобуйа уонна медсэрэтии киинин эмтиир үлэҕэ кылаабынай бырааһа Валерий Ермолаев ураты практика туһунан кэпсээтэ.
Дьахтар фруктаны ыйыстыбыт күнүн сарсыныгар медиктарга биллэрбит. Ыарыытын тулуйбатах. РБ № 2 – ЦЭМП хирургтара суһал эппэрээссийэ оҥороллор, абрикостары таһынан хатарыллыбыт фрукта уҥуохтарын булаллар.
«Дьахтар кэпсииринэн, кини абрикоһу уонна кураганы сиирин сөбүлүүр, тииһэ суох буолан. Биирдэ эмискэ харан, ыйыстан кэбиспит. Киниэхэ оһоҕос аһарбат буолуутун диагнозтаабыттар. Арыйан көрүүгэ ситэ буспатах абрикостары булбуттар», — кэпсээтэ бырааас Валерий Ермолаев.
«Пациентка доруобуйатыгар охсуута суох эмтэннэ. Бу 2023 сыллаахха мин дьуһуурустубам кэмигэр этэ. Маннык түгэн элбэх буолааччы. Арааһы булааччыбыт, тиис ыраастыыр, араас оҕуруот силиһин, улахан эт кырбаһын», — диэтэ Валерий Ермолаев.