Саха сиригэр 70 000 тахса туонна үүт бэлэмнэннэ

Тохсунньуттан алтынньга диэри өрөспүүбүлүкэҕэ 70 тыһ тахса туонна үүт бэлэмнэннэ, онон былаан 86,82% туолла. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр барыллаан түмүктэри кэпсээтилэр, СИА суруйар.


Алтынньы 8 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 70 071,39 туонна үүт бэлэмнэннэ, былырыыҥҥы бу кэми кытта тэҥнээтэххэ, 498,39 туоннанан элбэх, сыллааҕы былаан 86,82 % туолла.

Киин, илин эҥэр уонна Бүлүү бөлөх улуустарыгар, саамай элбэх үүт ыанар сирдэригэр, 69439,73 тн, сыллааҕы былаантан 86,8 % туолла, итиэннэ тохсунньуттан алтынньыга диэри кэмҥэ 92,83 %. Былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, 434,73 тн-нан элбэх.

Үс улуус 100% былааннарын куоһардылар (тохсунньуттан алтынньыга диэри): Үөһээ Бүлүү — 3976,8 тн, Өлүөхүмэ — 3202 тн, Алдан — 609,7 тн. Дьокуускайдааҕы үүт собуота 1427,9 туоннаны бэлэмнээтэ.

This post was published on 12.10.2020 18:01 18:01