Саха сиригэр 6300 тахса ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалынан туһанна

2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи туругунан 16 723 киһи «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалынан туһаннылар. Сайабылыанньа биэрбит дьонтон  6352-тэ уопсайа 520 900 000 солк. сууманан тутунна.

Ордук киэҥник туһаныллар хайысхаларынан дьиэ-уот усулуобуйатын тупсарыы (4767 сайабылыанньа 380 500 000 солк. суумаҕа) уонна тырааныспар атыылаһыы (1459 сайабылыанньа 130 700 000 солк.) буолаллар.

40 ыал бэйэтин оҕолорун аатыгар бааннарга вклад арыйда, 37 ыал — тус хаһаайыстыбаны сайыннарыыга, 23 ыал — оҕолоругар үрдүк технологиялаах көмөнү ыларга, 15 ыал — оҕолорун үөрэттэриигэ, онтон 11 ыал — дойду иһинэн дьиэ кэргэн сынньалаҥын тэрийиигэ туһанна.

This post was published on 06.09.2023 17:27 17:27