Дьокуускайга 2022 сылга урбаан креативнай бырайыактарын өйүүр сыалтан «Үлэ кыбаартала» креативнай кластер арыллыбыта, суруйда Саха НКИХ.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин Саха сирин айар индустриятын сайдыыта дойду үрдүнэн бастыҥнар ортолоругар киирбитэ диэн эппитэ. Кини сорудаҕынан өрөспүүбүлүкэ уопута бары регионнар айар индустрияларын сайдыытыгар биир кэлим тирэҕи түстүөхтээх.
«Саха сирин бырабыыталастыбатын уонна урбаанньыттарын көҕүлээһиннэринэн айар индустрия уопута бастыҥнар кэккэлэригэр киирдэ. Холобур, программирование, архитектура, бырамыысыланнас дизайна уо.д.а. Бу уопут регионнааҕы сайдыы халыыбын олохтуоҕа», — диэн бэрэсидьиэн эттэ.
«Үлэ кыбаартала» Россия регионнарыгар холобур буолар. Киинэ эйгэтигэр баар бырайыактары өйөөһүн уонна кинилэр харчы киллэрииллэрэ, үлэ миэстэтэ элбиирэ — бу барыта регион сайдыытын көрдөрөр. «Саха сирэ» технопаарка уонна ИТ-паарка инновационнай хампаанньаларга сүрүн оруолу толороллор», — диэн СӨ инновацияҕа миниистирин солбуйааччыта Георгий Андреев бэлиэтээтэ.
This post was published on 20.12.2023 12:26 12:26