Саха сиригэр 500 тахса үөрэх стипендията ананна

Хаартыска: ЯСИА саайта

Үөрэх министиэристибэтин хайысхатынан анал байыаннай дьайыыга кыттар дьон дьиэ кэргэнигэр 11 социальнай өйөбүл миэрэтэ Ил Дархан ыйааҕынан көрүллэр.

Саха сиригэр 537 үөрэх стипендията ананна. Ол туһунан миниистири бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай эттэ.

«Бүгүҥҥү күҥҥэ 141 быһаарыы ылылынна орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар сыаллаах үөрэтиигэ дуогабар түһэрсиитигэр, бу өрөспүүбүлүкэ бюджетын суотугар. 32 киһини кытта дуогабар оҥоһулунна. 537 үөрэх стипендията СВО кыттыылааҕын устудьуон оҕолоругар уонна байыаннай сулууспаттан кэлбит анал дьайыы кыттыылааҕар», – диэтэ Михаил Присяжнай.

Ааптар: Майя Гоголева

This post was published on 18.01.2024 10:33 10:33