Саамай элбэх ытырыы Ленскэй оройуонугар буолла — 222 түбэлтэ. Онтон Алдан оройуона — 83, Өлүөхүмэ — 62 уонна Нерюнгри — 47. Бары түөрт оройуон клещтэн вируснай энцефалитка эндемичнайынан ааҕыллаллар.
23 түбэлтэ Дьокуускайга, 15 — Хаҥаласка, 13 — Сунтаар, алталыы — Мэҥэ Хаҥалас уонна Ньурба, түөрт — Горнай, үстүү — Үөһээ Бүлүү уонна Уус Алдан, иккилии — Таатта уонна Чурапчы, биир — Кэбээйи.
Чинчийии түмүгүнэн, 16 клещ вируснай энцефалиттаах, 38 — иксодовай клещевой боррелиозтаах, түөрт — моноцитарнай эрлихиозтаах, алта — гранулоцитарнай анаплазмозомнаах.
Бары ытыттарбыттарга серопрофилактика ыытылынна. Роспотребнадзорга бэлиэтээбиттэринэн, эрдэ быһыыны 62 киһи ылбыт. От ыйын 15 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр 13 083 киһи, ол иһигэр 2 879 оҕо быһыы ылла.
This post was published on 15.07.2024 15:33 15:33